Слайд 1Мэңэ-Хаңалас улууһа Дойдуунускай алын кылаастаах оскуола-саада
Өбүгэ оонньууларын туһанан
өйгө хатыыр дьо5уру
сайыннарыы
Үлэни оңордо: Поскачина А.А.
2017 с.
Слайд 2 Үлэ объега: алын кылаас о5олорун өйгө тутар дьо5урдарын сайыннарыы.
Үлэ
предметэ: саха төрүт оонньуулара өйгө тутар дьо5уру сайыннарыыта.
Үлэ сыала:
Өбүгэ
оонньууларын туһанан о5о5о төгүлү үөрэтии;
Үлэ тематынан көрүллүбүт оонньуулар маннык саба5алааһыңңа тиэрдэллэр: өбүгэ оонньууларын туһанан о5о5о төгүл таблицатын үөрэтии о5о көрөн, бигээн, тэңнээн, имэрийэн, тутан-хабан, сааһылаан наардыыр, өйгө тутар дьо5урун, бол5омтотун сайыннарар. Маннык үөрэтиллибит төгүл таблицата о5о өйүттэн сүтэн хаалбат, өр сылдьар.
Үлэ соруктара:
Төгүлү түргэнник, интэриэһинэйдик үөрэтэр ньымалары көрдөөһүн;
Өбүгэ оонньууларын үөрэтии;
Опрос ыытыы;
Оонньуулары оңорон ахсаан уруогар, эбии дьарыкка туттуу;
Үлэ уратыта: о5о саастыылаахтарын кытта оонньууругар табыгастаах; биир оңоһугунан хас да араас оонньуулары оонньуохха сөп; оңорорго дөбөң.
Үлэ ахтыллыыта (актуальность): билигин араас электроннай оонньуулар элбэхтэр, ол гынан баран остуол оонньуута хаһан да умнууга хаалбат. Компьютер, араас гаджет о5о үгүс бириэмэтин, бол5омтотун тардаллар, доруобуйатын, майгытын-сигилитин, өйүн-санаатын кэбирэтэллэр.
Өбүгэ оонньууларыгар оло5урбут остуол оонньуулара о5о үөрэ5эр бигэ интэриэһи үөскэтэллэр, үөрэнэр ба5аны сайыннараллар.
Слайд 3Бу оонньуулары оңоруохпут иннигэр опрос ыыттыбыт. Кыттыбыт дьон ахсаана 50.
Опрос түмүгэ:
32% чэпчэкитик ылыммыт. Мантан 14% туох да көмөтө
суох тута ылыммыт,
18% оонньуу көмөтүнэн.
68% - ыараханнык, уһуннук тэтэрээт кэнниттэн нойосуус үөрэппит.
Мантан 18% билигин да үчүгэйдик билбэт эбит.
Ол аата 82% төгүлү үөрэтэр атын ньыма баарын билбэт.
Слайд 4Хабылык
Өбүгэлэрбит киэһээ аайы алаастарынан бэйэ – бэйэлэрин ыңырсан оонньууллара.
Хабылык хабарга үксүгэр икки буолан, ардыгар элбэх буолан ооньууллар. Хабааччы
хабылыгы барытын биир ытыһыгар сааһылаан мунньар уонна сэрэнэн үөһээ өрө быра5ар, хабылык остуолга түһүөн иннинэ илиитин көхсүн тоһуйан биэрэр. Илии көхсүгэр хас хабылык баарынан эмиэ үөһээ быра5ан баран, түһүүтүгэр ытыһынан хабан ылар. Хаппыт хабылыгын остуолга иккилии быра5ар, паарата суох хабылыгы ылар. Элбэх хабылыктаах киһи кыайар.
Уларытан биэрии: төгүлү суруйан биэрдибит.
Слайд 5Туос ынахтар.
Өбугэлэрбит туостан о5олоругар ынахтары оңороллоро. Ол туос ынахтарынан
маннык оонньууллара. Бу оонньууга икки киһи онньуур. Биирдии киһиэхэ биирдии
туос ынахтаахтар. Ынахтарын аатын этэллэр. Остуолга тардыллыбыт сурааһыңңа утарыта туруораллар. Хамаанда бэрилиннэ5инэ ынахтарын үрэллэр. Сурааһынтан таһаарбыт киһи ына5а кыайар. Бу оонньууга ким уһун тыыннаах кыайар. Бу оонньуу о5о доруобуйатыгар тыңата сайдарыгар көмөлөһөрө. ыаллаах оонньуулларыгар кэтэх хаһаайыстыбаларыгар сүөһү оңостоллоро; кыра о5олор быалаан баран соһо оонньууллара;
Уларытан биэрии: ынах сыанатын учуутал төгүлүнэн этэр. О5о сөпкө хоруйдаата5ына атыылаһан оонньуур.
Слайд 6О5устар харсыһыылара.
Саха5а талах оһуобай суолталаах – то5ус үйэ тухары
толходуйбакка саханы «харыстыыр, араңаччылыыр, ыраастыыр аналлаах», - диэн өбүгэлэр этэллэрэ.
Мээнэ5э тала5ынан о5ону оонньоппот этилэр. Талах ынах, уолаттар миинэ оонньуур талах аттара улахан харысхал буолаллар.
Бу онньууга икки о5о оонньуур. Талахтан оңоһуллубут о5устарын ааттыыллар уонна күрэххэ киллэрэллэр. Муоста5а тардыллыбыт сурааһыңңа а5алан утарыта туруораллар. Хамаанда бэрилиннэ5инэ харсыһыннараллар. Сурааһыны аһарбыт о5ус кыайыылаах буолар. Бу оонньууга ким күүстээх илиилээх, тулуурдаах кыайар.
Уларытан биэрии: о5ус сыанатын учуутал төгүлүнэн этэр. О5о сөпкө хоруйдаата5ына атыылаһан оонньуур.
Слайд 7Тыксаан.
Бу оонньууга тала5ы ортотунан аңардаан, уһуна 2см гына оңоһуллубут
фишкалар наадалар. Биир фишка бэлиэлээх буолар. Фишкалары остуолга быра5абыт. Биир
бэлиэлээх фишканан атын фишкалары тарбахпытынан тыгабыт. Хаһан сыыһыаххар диэри таба- таба бара тура5ын. Ким элбэх фишкалаах кыайар. Сыыһа таппыт киһи уочараттан туораан иһэр.
Уларытан биэрии: фишкаларга төгүрүктэр, онно төгүлү суруйан биэрдибит. Тыкпыт фишкатын сөпкө суоттаата5ына ылар.
Слайд 8Сыалы табыы.
Бу оонньууга икки киһи утарыта көрсөллөр. Быа5а баайыллыбыт
сиэл төкүнүк мээчиги ынах муоһугар киллэриэхтээхтэр. Мээчиги ким түргэнник киллэрбит
киһи кыайар.
Уларытан биэрии: бэриллибит төгүллээһини этэн суоттуу-суоттуу оонньуур.
Слайд 9 Быаны эрийии
Бу оонньууга икки киһи утарыта тураллар. Икки өттүгэр
мастаах быалаахтар. Хамаанда бэрилиннэ5инэ быаларын мастарыгар эрийэллэр. Ким түргэнник ортотугар
баар мээрэйи ааспыт киһи кыайар.
Уларытан биэрии: бэриллибит төгүллээһини этэн суоттуу-суоттуу оонньуур.
Слайд 10
Эбии оонньуулар.
Куйуур. Бэриллибит төгүлгэ сөп түбэһэр «балыктары» ыа5аска хомуйар.
Муңха.
Хамаанданан күрэх. Бэриллибит төгүлгэ сөп түбэһэр «балыктары» ыа5аска хомуйаллар.
Лото. Төгүл
таблицатыгар оло5уран оңоһулунна, фишкалара талахтар.
Слайд 11Түмүк
о5о өйгө тутар дьо5ура, бол5омтото сайдар;
- билиигэ-көрүүгэ тардыһара
күүһүрэр;
дэгиттэр сатабыла сайдар;
таблицаны чэпчэкитик өйдүүр;
өйүгэр өр илдьэ сылдьар.