Слайд 1А.А.А.: Никифорова Антонина Андреевна
Улууhа: Кэбээйи
Оскуолата: Кальвица торут оскуолата
Идэтэ: Алын кылаас учуутала
Категорията: высокай
Слайд 2
Темата:
«Остуоруйаларга оло5уран о5ону утуо сиэргэ–майгыга иитии».
Слайд 3Чинчийии суолтата:
Алын кылаастар о5олорун иитиигэ-уорэтиигэ кылаас салайааччыта
тус сыаллаах программа оностон улэлиирэ ордук таhаарыылаах буолар. Билинни кэмнэ
киhилии сиэрдээх-майгылаах, чол куттаах, киэн, дирин билиилээх, аныгылыы ойдоох – санаалаах, бэйэтин сатаан сайыннарар киhилии киhини иитэн- уорэтэн таhаарарга улахан бол5омто ууруллар уонна анал соруктар туруоруллаллар.О5о барыта тэн сайдыылаах , биир тэн иитиилээх буолбат. Хас биирдии о5о ураты сайдар суоллаах – иистээх , айыл5аттан бэриллэр дьо5урдаах буолар. Бу дьо5ура арыллан, сайдан иhэрэ учуутал сопко салайар, сайыннарар улэтиттэн улахан тутулуктаах. Бу соругу ситиhэргэ учуутал, тороппут тумсуулээхтик биир сурун сыалынан, хайысханан улэлиирэ ирдэниллэр.
Слайд 4Чинчийии сонуна:
Норуот айбыт остуоруйаларыгар тирэ5ирэн, олоххо коруулэри киэнник тар5атан бэйэ-бэйэ5э
утуо сиэргэ-майгыга иитиллэн, утуо санааны инэринэн о5о личноhын ойооhун, кини
дьо5урун арыйыы, талаанын сайыннарыы, олоххо миэстэтин буларыгар тирэх оноруу.
Слайд 5Чинчийии объега:
Дьарык нонуо остуоруйалардыын алтыhан, олох утуо
оруттэрин инэринэн, киьилии сиэргэ дьулуhан бэйэ5э инэрии.
Чинчийии предметэ:
Куруhуок нонуо
остуоруйалартан, норуот угэстэрин туhанан чол куттаах, киhилии сиэрдээх, утуо майгылаах ыччаты иитии ньымалара.
Слайд 6Чинчийии сыала:
-Остуоруйа нонуо норуот утуо угэстэрин туьанан,сиэрдээх майгыны олохсутан,
олоххо коруулэрин билинни киэпкэ, ньыма5а киллэрэн кэнчээри ыччакка тиэрдии.
Слайд 7Чинчийии соруга:
- о5о быhыытын – майгытын, итэ5эhин-быhа5аhын куруhуок дьарыгар кэтээн коруу,
уорэтии;
- о5о бэйэни сэнэнэр мэьэйдэрин кэбэ5эстик туоратыы, санааларын, толкуйдарын толлубакка этэр
киьилии сиэргэ уьуйуу.
- саха уонна араас омук остуоруйаларын сахалыы, нууччалыы тэннии тутан ырытыы;
- о5ону ой-санаа, билии-коруу, туттуу-хаптыы оттунэн тэннэ тутан сайыннарыы, уьуйар улэни утумнаахтык ыытыы.
- о5о ситимнээх санатын сайыннарыы, угус ойу-санааны, иэйиини, уус-уран уобараьы, тыл кууьун, мандарын инэрэн толкуйун тобулуу.
Слайд 8Саба5алааhын:
-оскотун куруhуогу соптоох усулуобуйа тэрийэн, интэриэhиргэтэн, утумнаахтык ыыттахха, санаа курдук
дьулуурдаах, сиэрдээх, утуо майгылаах, чол туруктаах, ыраас санаалаах киhилии киhини
иитиэххэ соп.
Слайд 9Чинчийии методологическай торутэ:
Айыы уорэ5э, торут культура философия этнопедагогика принциптэрэ.
Чинчийии теоретическай
суолтата:
- Драмкуруhуокка ыытыллар чинчийии этнопедагогика принциптэригэр оло5уран, о5ону норуот угэстэригэр соп
тубэhиннэрэн иитэр. Онон о5ону иитиигэ, сайыннарыыга сана ньыманы киллэрии хайысхатын буллубут.
Слайд 10Чинчийии ньымалара:
-айыы уорэ5ин, торут культураны, фольклору, этнопедагогика принциптэрин уорэтии;
-остуоруйа нонуо
умнуллубут уонна умнуллан эрэр угэстэри, сиэри-туому соргутуу, аныгы олоххо соптоо5унэн
корон иитэр улэ5э туьаныы.
-остуоруйа5а олох-дьаьах, идэ, дьарык туьунан ойдобуллэр бириинсиптэригэр оло5уран, билинни олоххо соп тубэьиннэрэн, ыалга, тороппуккэ о5ону иитэр тутаах ньыма быьыытынан олохтооьун.
-дьон-сэргэ ортотугар сиэрдээх майгыны, чол оло5у, сиэри-туому сопко толорору сырдатар, уьуйар улэни утумнаахтык ыытыы.
- дьарыкка оло5уран докладтары суруйтарыы, спектакльга, оскуола улэтигэр кыттыы.
Слайд 11Чинчийии практическай оттунэн:
- драм куруhуогу ыытыыга аналлаах программа проега оноhулунна;
- норуот утуо
угэстэрин уорэтиигэ аналлаах соптоох норуот остуоруйалара уонна
литературнай остуоруйалар талылыннылар;
- анал
спектакыллар сценарийдара сурулунна;
- о5о дьо5урун, кыа5ын учуоттаан оруоллар, сорудахтар бэриллэллэр;
- декорация, музыка, костуум, атрибутика тороппут, о5о комотунэн бэлэмнэниллэр
Слайд 12ТУМУГЭ
Кылаас таьынан ыытыллар араас аралдьытар улэлэр нонуо о5о сааьын учуоттаан
туран, олоххо миэстэтин таба булунарыгар бу ыытыллар дьарык соптоох иитиини
тустуур. Билинни сайдыылаах олоххо о5ону сиэргэ-майгыга иитии уонна сайыннарыы сурун хайысха буолар. Онуоха драм. куруьуок нонуо саха сиэринэн, обугэлэрбит утуо угэстэринэн саха омуга бэйэтин уратытын учуоттаан сурун сыаннастарыгар тирэ5ирэр. Маннык дьарыктары ханнык ба5арар уорэх тэрилтэлэригэр табатык киллэрдэххэ, остуоруйа кистэлэннэринэн улэ о5ону иитиигэ, сайыннарыыга, сана коруулэргэ, суолу-ииьи тобуларга улахан кыа5ы биэрэр. О5о бу эйгэни кытары бииргэ улэлээьинэ киьи личность быьыытынан сайдыытыгар улахан комолоох. О5о улаатан истэ5ин аайы сиэрдээх, кохтоох майгыта, бэйэ-бэйэ5э убаастабыла, комолоьуутэ, дойдутун, дьонун иннигэр эппиэтинэьэ иитэр сыаннастарга оло5урар. О5о остуоруйа тылын-оьун истэн, ырытан уорэннэ5инэ, кини кутугар-суругэр утуо быьыы-майгы до5ордоьор, тобулла5ас толкуйа, оркон ойо сайдар.
Слайд 15«Сказка о попе и работнике его Балде»
Слайд 17«Сказка о царе
Салтане»
«Сказка о мертвой царевне
и о семи богатырях»
Слайд 18Финист –Ясный Сокол
«Белоснежка» маннайгы спектакылбыт 2000 сыл
Т. Е. Сметанин остуоруйаларыттан инсценировкалар
«Саhыл уонна куоскалар»
«Куорэгэй»
Слайд 20«Теремок»
«Куобахчааннар» курэхтэригэр дуоhуйа кыттабыт.
Слайд 212013 уо.с драм куруhуок иитиллээччилэрэ.
Слайд 23Куруhуок о5олоро дакылааттарга кытталлар
Слайд 24Куруhуок иитиллээччилэрэ Кэбээйи музейыгар-2011с.
Тематическай биэчэрдэргэ, бырааhынньыктарга монтаж аа5абыт.